07:34
Үтүө санаа акцията

Муус устар 14 күнүгэр. Уус-Алдан улууһун үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союзтарын председателэ Попова Анна Афанасьевна элбэх оҕолоох ыалларга дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көмөлөһөн, 3 устуука "Honor 10 Litr 64 гб" смартфон туттарда. Бу смартфоннар Бэрт-Ууһун нэһилиэгин Сыырдаах бөһүөлэгин элбэх оҕолоох төрөппүттэрэ Иванна Ивановна, Станислав Егорович Гороховтар, Калерия Петровна, Егор Егорович Колодезниковтар уонна соҕотох аҕа Валерий Петрович Олесов дьиэ кэргэттэрэ туттулар.Оҕолор үөрүүлэрэ үгүс, үөрэхтэригэр кыһаллыах буолан эрэннэрдилэр. Төрөппүттэр уонна оскуола коллективын аатыттан улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин профсоюһун председателигэр Анна Афанасьевнаҕа махталбытын тиэрдэбит! Бары бииргэ, түмсүүлээхтик, өйөһөн, чэгиэн-чэбдик буолуоххайын!

Просмотров: 86 | Добавил: ssosh2020 | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar